Күһүҥҥү тымныыга

Күһүҥҥү тымныыга Күһэйии күүһүнэн, Көмүскэ уутунан Көҥүлэ сарбыллан, Көстүбэт ыраахха Көспүтэ төрүппүт.   Тымныы тыал, тыйыс тыл, Тоҥуй сыһыан, тоҥ хаһаа, Талар суох, талах мас Тиис тыаһа, титириир, Туос аччык Тириини тиниктиир.   Соругу толоруу Сор-муҥ, солбонуу, Сут кураан содула Сутаакы дэттэрии Суоһар уот сууһарар, Сурахтыын суурайар.   Хоргуйуу, хам тоҥуу, Хаар тибии, халҕан суох, Хараҕын симтэҕэ Харайар кыах тиийбэт, Хааллаҕа кырамта Хаарынан көмүллэн.   Кэм кэрдии аастар да, Күн көрөн күллэр да, Курустук нөрүйэн, Кутурҕан бу күҥҥэ Кэриэстээн ааттыыбыт, Кистээммит ытыыбыт.

00:0003:00

This track was created by a Hitzy user. Rights to it belong to its creator under the User Agreement. Its creator is responsible for the track’s content.

Song lyrics
Күһүҥҥү тымныыга
Күһэйии күүһүнэн,
Көмүскэ уутунан
Көҥүлэ сарбыллан,
Көстүбэт ыраахха
Көспүтэ төрүппүт.
 
Тымныы тыал, тыйыс тыл,
Тоҥуй сыһыан, тоҥ хаһаа,
Талар суох, талах мас
Тиис тыаһа, титириир,
Туос аччык
Тириини тиниктиир.
 
Соругу толоруу
Сор-муҥ, солбонуу,
Сут кураан содула
Сутаакы дэттэрии
Суоһар уот сууһарар,
Сурахтыын суурайар.
 
Хоргуйуу, хам тоҥуу,
Хаар тибии, халҕан суох,
Хараҕын симтэҕэ
Харайар кыах тиийбэт,
Хааллаҕа кырамта
Хаарынан көмүллэн.
 
Кэм кэрдии аастар да,
Күн көрөн күллэр да,
Курустук нөрүйэн,
Кутурҕан бу күҥҥэ
Кэриэстээн ааттыыбыт,
Кистээммит ытыыбыт.

Create your own song

Describe an idea or add your own lyrics and start creating your own track.

More community tracks

All tracks
HitzyCreate professional tracks and personal greetings in minutes with AI.
Product
AI song generator
© 2026 Hitzy - Hitzy — music postcards and songs of the future
Made with ♥