Көмүс кыымы ыhыахтанан

Көмүс кыымы ыhыахтанан Күhүн манна саҕаланна Чараҥ кини солкотунан Чараас-чараас былаат баанна Күhүн кэлиэн санаабакка Күннүүр-оонньуур буолуллара. Сайын манна күөх тунахха Санаа күүрэр көрө баара. Тэлээриһэр сэбирдэхтэр, Тэҥҥэ-тэҥҥэ эргийдилэр, Чахчы дьикти, чахчы кэрэ Чараҥ вальстаан, вальстаан эрэр. Күhүн лыҥкыр музыкатын Күүтэн турбут хаарыан хатыҥ Хайдах эрэ хамсаан барда, Хатыҥ аргыый наскылдьыйда. Доҕоччугуом, сүрэх үөрэр, Дууhам сырдаан кэҥээн кэлэр. Тапталбытын таайар, билэр Чараҥ бүгүн вальстаан эрэр. Тэлээриһэр сэбирдэхтэр, Тэҥҥэ-тэҥҥэ эргийдилэр, Чахчы дьикти, чахчы кэрэ Чараҥ вальстаан, вальстаан эрэр. Тэлээриһэр сэбирдэхтэр, Тэҥҥэ-тэҥҥэ эргийдилэр, Чахчы дьикти, чахчы кэрэ Чараҥ вальстаан, вальстаан эрэр.

00:0003:42

Трек создан пользователем Hitzy. Права на него принадлежат создателю на условиях пользовательского соглашения. Ответственность за содержание трека несёт его создатель.

Текст песни
Көмүс кыымы ыhыахтанан
Күhүн манна саҕаланна
Чараҥ кини солкотунан
Чараас-чараас былаат баанна
Күhүн кэлиэн санаабакка
Күннүүр-оонньуур буолуллара.
Сайын манна күөх тунахха
Санаа күүрэр көрө баара.

 Тэлээриһэр сэбирдэхтэр,
Тэҥҥэ-тэҥҥэ эргийдилэр,
Чахчы дьикти, чахчы кэрэ
Чараҥ вальстаан, вальстаан эрэр.

Күhүн лыҥкыр музыкатын
Күүтэн турбут хаарыан хатыҥ
Хайдах эрэ хамсаан барда,
Хатыҥ аргыый наскылдьыйда.
Доҕоччугуом, сүрэх үөрэр,
Дууhам сырдаан кэҥээн кэлэр.
Тапталбытын таайар, билэр
Чараҥ бүгүн вальстаан эрэр.

 Тэлээриһэр сэбирдэхтэр,
Тэҥҥэ-тэҥҥэ эргийдилэр,
Чахчы дьикти, чахчы кэрэ
Чараҥ вальстаан, вальстаан эрэр.

 Тэлээриһэр сэбирдэхтэр,
Тэҥҥэ-тэҥҥэ эргийдилэр,
Чахчы дьикти, чахчы кэрэ
Чараҥ вальстаан, вальстаан эрэр.

Создайте свою песню

Опишите идею или добавьте свои слова — и начните создавать собственный трек.

Другие треки сообщества

Все треки
HitzyСоздавайте профессиональные треки и персональные поздравления за пару минут с помощью ИИ.
© 2026 Hitzy - музыкальные открытки и песни будущего
Сделано с ♥